ВордПресс тылбааһа: 8 хонук ааста

От ыйын 21 күнүгэр ВордПресс тылбааһын сөргүтэн хаттаан саҕалаабыппыт. 8 хоммут эбит. Туох түмүктэрдээхпитий?

Тылбаас баран иһэр. 22% буолла. Бу элбэх дуу, аҕыйах дуу? Омос көрдөххө аҕыйах курдук. Ол эрээри тылбаастыыр дьон алтыһаан тылбааһыгар да, онлайн тылбааска да уопута суох дьон. Онон көрдөрүү ортоһуор диэм этэ. Салгыы бардахха түргэтээн иһиэҕэ диэн эрэл баар.